«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн, ахсынньы 1 күнүгэр Хатырык нэһилиэгэр Өрөспүүбүлукэ скверыгар кылаабынай елкабыт уота умайда. Саҥа дьыл тыына биҺиги нэҺилиэккэ олус бэркэ, көхтөөхтүк киирэн саҕаланна. Элбэх оҕо- аймах, нэҺилиэкпит олохтоохторо тоҕуоруҺа муһуннулар.
Тэрээһин ЭҺээ Дьыл, сиэнинээн Хаарчааналыын айаннатан кэлэннэр мустубут оҕолорбутун, бар дьоммутун эҕэрдэлээтилэр. Оҕолорго анаан Хаар Эбэ таабырын таайтаран, бол5омтолорун ылла. Таайбыттарга минньигэс бэлэхтэри туттартааҺын буолла.
Оҕолор ЭҺээ Дьылтан бэлэх туттулар, хоробуот онорон ёлка тула ыллаан эргийдилэр.
Түмүгэр уопсай хаартыскаҕа түһэн кэрэ өйдөбүнньүк буолла.
Кэлэн иһэр саҥа дьылынан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!




